top of page

Галерея новинок

Краеведческая литература

полутоновых модели
Уматар уулларар тапталым
 
Таптал – олоҕу туругурдар, чэчирэтэр, киһи аймахха  Айыылар анаан бэлэхтээбит сырдык күүстэрэ. Таптаатаххына, сүрэҕиҥ чахчы уһуктан, дьолго дьулуспутунан  барар, бэйэҕиттэн  быдан ордук – өйдүүн-санаалыын, майгылыын-сигилилиин, быһыылыын-таһаалыын тупсуоххун, тулалыыр дьоҥҥор-сэргэҕэр үтүөнэн  эрэ дьайыаххын баҕараҕын, Үүнэриҥ төрдө ол ээ…  
 

Көрүнньүк олох көлдьүнэ

Ааптар кэпсээннэрин дьоруойдара биһиги ортобутугар сылдьар дьон: эдэр кыыһы кэргэн ылар саастаах киһи, «пирамидаҕа» киирэн дьиэтин былдьаппыт ийэ, иэскэ киирэн санаата муунтуйар ыал аҕата, кыыһа чороҥ соҕотох сылдьарыттан санааргыыр кырдьаҕас ийэ уо. д. а. Кинилэр тууйуллуу төрдүн-төбөтүн булан олохторун салгыы сатаан муоһаланыахтара дуо? Ааптар дьоруойдарын ханнык суолунан илдьиэй?

Көрүнньүк олох көлдьүнэ
Ааптар кэпсээннэрин дьоруойдара биһиги ортобутугар сылдьар дьон: эдэр кыыһы кэргэн ылар саастаах киһи, «пирамидаҕа» киирэн дьиэтин былдьаппыт ийэ, иэскэ киирэн санаата муунтуйар ыал аҕата, кыыһа чороҥ соҕотох сылдьарыттан санааргыыр кырдьаҕас ийэ уо. д. а. Кинилэр тууйуллуу төрдүн-төбөтүн булан олохторун салгыы сатаан муоһаланыахтара дуо? Ааптар дьоруойдарын ханнык суолунан илдьиэй?
Туунну эр
Кинигэҕэ билиҥҥи олоҕу ойуулуур, уопсастыба проблемаларын таарыйар, Киһи, Айылҕа сыһыаннарын арыйар, толкуйдатар кэпсээннэр киирдилэр. Ааптар хайдахтаах да хараҥа түгэҥҥэ сырдыгы булан көрөр, эрэли үөскэтэр. Кылгас киэпкэ элбэх санааны, күннээҕи олоххо баар аһаҕастык соччо этиллибэт эрээри, сэрэйиллэр кыһалҕалары арыйан көрдөрөр.
полутоновых модели
Күннэй кистэлэҥ олоҕо
Айылҕа барахсан оҥорботоҕо диэн суох... Ол биир дьикти көстүүтүнэн үөһэттэн үөттэриилээх, айылҕаттан айдарыылаах Күннэй Кардашевская буолар. Кинигэҕэ кини удаҕаҥҥа уһуйуллуу олуктарын хайдах ааспытын туһунан ийэтин сиһилии суруйуута, ону сэргэ эдэркээн кыысчаан абынан-хомуһунунан эмтиир кыаҕын билбит, дьүһүн кубулуйарын, куолаһын уларытарын, салгыҥҥа уйдарарын, о.д.а. илэ харахтарынан көрбүт, эт кулгаахтарынан истибит дьон ахтыылара таҥыллан киирдэ. Таһаарыы чараас эйгэ илэ-чахчы баарыгар, айылҕа күүһүгэр итэҕэтиэҕэ.
Эн баҕас!
Кинигэҕэ ураты дьылҕалаах дьон олоҕо ойууланар: Борускуо барахсан оҕотун тыыннаах хаалларар баҕаттан атын ыалга биэрэр; Ыстапаан искэҥ ыарыытынан ыалдьан, санааҕа баттатан, олоҕор улахан сыыһаны оҥосто сыһар; Куоста истиҥ тапталын кыыс ылыныа дуо?; Мааһыҥка кыыс, атын ыалга атаҕастана-атаҕастана иитиллэн, хайдах киһи буола улаатыай?
Олоххо буолбут дьиҥ түбэлтэлэргэ олоҕурбут тэттик кэпсээннэр ааҕааччы кутун-сүрүн долгуталлар. Олох хайа баҕарар түгэнигэр санаа күүһүн туоһулууллар.
Анджелина Джоли живет в Якутии
В новую книгу известного писателя, сценариста и переводчика Алексея Амбросьева-Сиэн Мунду, вошли как уже знакомые читателям повести и рассказы «Разговор с матерью», «Каблук», «Старая гирлянда» и другие, так ещё и не опубликованные ранее произведения.
Книга приурочена к 55-летию писателя.
полутоновых модели
bottom of page